Ил Дархан Айсен Николаев Ыһыаҕынан эҕэрдэлиир

Саха сирин ытык-мааны олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!


Самаан сайын саҕаламмытын бэлиэтиир, уйгуну-быйаҥы түстүүр ыһыахпыт дириҥ философскай суолталаах, үрүҥ илгэни үксэтэр, үөрүүнү-көтүүнү, үтүөнү аҕалар аналлаах. Ханнык баҕарар норуот инники сайдыыта, чэгиэн ыччаты иитэн таһаарыыта төрүттэригэр, тылыгар, төрөөбүт дойдутун үгэһигэр, култууратыгар ытыктабыллаах сыһыаныттан тутулуктааҕын мэлдьи өйдүөх тустаахпыт. Маныаха саха норуотун култууратын, олорон кэлбит олоҕун устуоруйатын, духуобунай сыаннастарын чөл хаалларарга уонна салгыы сайыннарарга үгүс үйэни уҥуордаан бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэн кэлбит үгэспитинэн Үрүҥ Тунах Ыһыахпыт буолар.
Сахабыт сиригэр күүтүүлээх сайыммыт тиийэн кэллэ. Ыһыах Саха сирин олохтоохторугар олох салҕанарын, саҥа дьыл үүммүтүн кэрэһилиир. Бу – биһиги ытык бырааһынньыкпыт. Бүгүн Ыһыах – Саха сиригэр олорор бары норуоттары түмэр, сомоҕолуур, доҕордоһууну бөҕөргөтөр сүҥкэн суолталаах тэрээһин. Бука бары үгэс быһыытынан ыһыах түһүлгэтигэр түмсэммит, күүс-уох ылабыт, эрчим эбинэбит. Дьаҥ тарҕаммытынан сибээстээн, өрөспүүбүлүкэҕэ иккис сылын Ыһыаҕы хааччахтаммыт быһыыга-майгыга бэлиэтииргэ күһэлиннибит. Ити дьаһаллар бу кэрэ-бэлиэ күнү чугас дьоммутун кытта дьиэ кэргэнинэн бэлиэтиирбитин боппоттор.
Күндү сахам дьоно! Бука барыгытын Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин! Бу күн сылы быһа энчирээбэт эрчими, көҕүрээбэт күүһү биэрдин! Өлгөм үүнүүлээх өҥ-быйаҥ сайын буоллун! Чэгиэн-чэбдик туругу, этэҥҥэ буолууну, ситиһиилэри баҕарабын!
Уруй-туску! Айхал-мичил!
                Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана

This post was published on 21.06.2021 10:01 10:01