Ил Дархан Айсен Николаев талыллыбыт улуус баһылыктарын эҕэрдэлээтэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Саха сирин олохтоохторо улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктарын, итиэннэ оройуон уонна нэһилиэк дьокутааттарын  таллылар, суруйда Саха сирэ саайт.

«Улуус баһылыктарынан буоллулар: Өлөөн  эбэҥки национальнай улууһа — Иван Саввинов, Сунтаар улууһа — Анатолий Григорьев, Уус Алдан улууһа — Василий Алексеев, Хаҥалас оройуона — Сергей Гребнев.

Талыллыбыт  баһылыктары уонна дьокутааттары эҕэрдэлиибин! Биһиги төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит барҕара сайдарын уонна Саха сирин  хас биирдии олохтооҕо  уйгулаах олоҕун туһугар бииргэ үлэлээһиммитин салҕыахпыт«, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйда.

This post was published on 15.09.2025 18:05 18:05