Ил Дархан Айсен Николаев Россия күнүнэн эҕэрдэлиир

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан дойдубут сүрүн бырааһынньыгынан — Россия күнүнэн эҕэрдэлиибин!


1990 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр дойду дьылҕатыгар – саҥа судаарыстыбаннас олохтонуутугар уонна гражданскай уопсастыба сайдыытыгар – дьоһун суолталаах быһаарыы ылыныллыбыта. Бүгүн, отуттан тахса сыл ааспытын кэннэ, Россия Федерацията чэчирии сайдар держава быһыытынан биир кэлимин бөҕөргөттө, аан дойдуга бэйэтин миэстэтин бигэтиттэ диир кыахтаахпыт. Бу күн биһиги аан дойду үрдүгэр саамай киэҥ сиринэн тайаан сытар дэҥҥэ көстөр духуобунай баайдаах, тулхадыйбат сыаннастаах төрөөбүт Аҕа дойдубутун киэн тутта чиэстиибит.

Биһиги, Россия олохтоохторо, ханнык да кэмҥэ биир сомоҕо буолар кыахпытынан, модун санаабытынан уонна дойдуга бэриниилээхпитинэн уһулуччу уратылаахпыт. Бүгүн эмиэ, дьаҥ тарҕаммыт уустук кэмигэр даҕаны, түмсүүлээх буолуубут, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүүбүт уонна аһыныгас быһыыбыт быстах ыарахаттары бииргэ туораан, дойдубут туһугар айарбытыгар-тутарбытыгар көмөлөһөллөр.

Элбэх омуктаах норуоппут кыайыыларынан-хотууларынан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр албан ааттаах историческай нэһилиэстибэтин харыстыыр уонна байытар – биһиги ытык иэспит. Дойдубут модун күүһэ уонна оҕолорбут кэскиллэрэ биһиги таһаарыылаах үлэбититтэн уонна гражданскай эппиэтинэспититтэн быһаччы тутулуктаахтар.

Социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн сүүнэ кыахтаах стратегическай суолталаах эрэгийиэн быһыытынан Саха сирэ дойду бигэ сайдыытын сыалларын-соруктарын ситиһэргэ сүҥкэн кылааты киллэрэр. Национальнай бырайыактары олоххо киллэрии уонна саҥа инвестициялар өрөспүүбүлүкэҕэ экэниэмикэ салаалара үүнэллэригэр, аныгы уонна табыгастаах инфраструктураны тэрийэргэ, Саха сирин олохтоохторун олоҕун хаачыстыбатын уонна таһымын үрдэтэргэ көҕүлүүр күүс буолаллар. Бүгүн социальнай эбийиэктэр, суоллар, муосталар түргэн тэтиминэн тутуллаллар, уопсастыбаннай сири-уоту тупсаҕай оҥоруу ыытыллар, саҥа технологиялар киирэллэр. Улуу Россия тускутун туһугар бары бииргэ үлэлээтэхпитинэ киэҥ хабааннаах былааннары олоххо киллэриэхпит диэн бигэ эрэллээхпин.

Күндү Сахам сирин олохтоохторо! Бу кэрэ-бэлиэ күн үүммүтүнэн эһиэхэ чэгиэн-чэбдик туругу, үтүөҕэ эрэли, дьолу-соргуну, или-эйэни уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын! Саҕалаабыккыт сатаннын!

                                          Айсен Николаев,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана

This post was published on 12.06.2021 09:28 09:28