Ил Дархан Айсен Николаев РФ президенин быыбарыгар Владимир Путины өйүүргэ илии баттаата

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ил Дархан Айсен Николаев Владимир Путины өйүүргэ илии баттааһынын хомуйар пууҥҥа сырытта. Кини РФ президенин быыбарыгар дойду билиҥҥи баһылыгын өйүүрүн биллэрдэ.

«Владимир Владимирович Саха сирин сайдыытыгар улахан болҕомто уурар. Салгыы өссө элбэх үлэ күүтэр. Ол иһин, Саха сирин атын олохтоохторун курдук, мин президеммитин өйүүргэ илии баттыы кэллим. Бары бииргэ иннибит диэки!» — диэн суруйда регион баһылыга бэйэтин телеграм-ханаалыгар.

This post was published on 27.12.2023 12:01 12:01