Саха сирин ытык-мааны олохтоохторо! Биир дойдулаахтарым! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Муус устар 27 күнэ Саха сирин хас биирдии олохтооҕор уһулуччу суолталаах. 1922 сыллаахха тэриллибит Саха АССР Сахабыт сирин устуоруйатыгар сайдыы саҥа кэмин тосхойбута. Бу күн биһиги Былатыан Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараховы, Степан Аржакову уонна да атын үтүөкэннээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятеллэри махтана ахтан-санаан ааһабыт. Бу ытык дьоммут тустаах кэмҥэ бэлиитикэҕэ хорсуннарынан, төрөөбүт сирдэригэр бэриниилээхтэринэн судаарыстыбаннаһы төрүттээбиттэрэ.
Ити кэмтэн номнуо 70 сыл ааспытын кэнниттэн, 1992 сыллаахха, Саха сирэ Россия Федерациятын састаабыгар саҥа статуһун быһаарар өрөспүүбүлүкэ саҥа Конституцията күүһүгэр киирбитэ. Сахабыт сирин сайдыытын саҥа кэмэ Михаил Николаевы уонна кини үөлээннээхтэрин кытта быстыспат ситимнээх.
Бу сыллар тухары биһиги өрөспүүбүлүкэбит улуу Россияны кытта үгүс кыайыылаах, ситиһиилээх сайдыы суолун тутуһан кэллэ. Бу кэм устата норуот хаһаайыстыбатын бары салаалара уонна социальнай эйгэ тэтимнээхтик сайыннылар.
Бүгүн биһиги иннибитигэр региоҥҥа күннэтэ бэлиэтэнэр үтүө уларыйыылар тэтимнэрин өссө күүһүрдэр сорук турар. Сир баайын көдьүүстээхтик туһанарга, сырьену хостооһун уонна таҥастааһын кээмэйин улаатыннарарга, тулалыыр эйгэҕэ промышленнай үлэттэн тахсар хоромньуну аҕыйатарга туһуламмыт саҥа соруктары туруорабыт. Өрөспүүбүлүкэбитигэр инфраструктура бөдөҥ бырайыактара олоххо киирэллэр, Арктиканы сайыннарыы саҥа саҕахтара арыллаллар.
Киэҥ-куоҥ сиринэн-уотунан тайаан сытар өрөспүүбүлүкэбит бары муннуктарыгар национальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ сүҥкэн үлэ ыытыллар. Хаарбах туруктаах олорор дьиэлэри көтүрэн саҥа дьиэлэри тутабыт, суоллары тупсарабыт, куораттар уонна сэлиэнньэлэр тас көстүүлэрин тупсаҕай оҥоробут, доруобуйа харыстабылын, үөрэх уонна култуура эйгэлэрин бөҕөргөтөбүт уонна сайыннарабыт, демография көрдөрүүлэрин үрдэтэбит.
Саха сирин олохтоохторун булугас өйдөрүгэр, айар дьоҕурдарыгар олоҕурар сырьеҕа тирэҕирбэт экэниэмикэни тэрийэргэ күүспүтүн-кыахпытын түмэбит.
Ханнык да кэмҥэ буоларын курдук биһиги үлэбит-хамнаспыт олох хаачыстыбатын тупсарыыга уонна хас биирдии киһи тус кыаҕын арыйыытыгар туһаайыллар. Биһиги бары тулабытын тупсарарга, барытыгар үрдүк көрдөрүүнү ситиһэргэ, төрөөбүт дойдубутугар дьоллоох буоларга дьулуһабыт. Талааннаах уонна ураты кыахтаах дьон олорор Россия үрдүк сайдыылаах региона буолар инники кэскилбитин кимиилээх үлэбитинэн түстүүбүт.
Күндү Саха сирин дьоно! Биир дойдулаахтарым! Хас биирдиибит төрөөбүт Сахабыт сирэ бигэтик сайдарыгар дьоһун кылаатын киллэрэр. Күн бүгүн киэҥ хабааннаах үтүө дьыалалары олоххо киллэрэн, иннибит диэки эрэллээхтик хардыылыыбыт!
Тапталлаах өрөспүүбүлүкэбит үүнэ-сайда, чэчирии туруохтун! Уруй-айхал!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев
This post was published on 27.04.2021 09:03 09:03