Ил Дархан Айсен Николаев Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиир

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Биһиги дойдубутугар сэрии иэдээнэ ыалы барытын таарыйбыта. Саха сириттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 62 тыһыынча киһи барбытаолортон үгүстэрэ кырыктаах өстөөҕү кытта кыргыһыы хонуутугар дьоруойдуу охтубута. Саха сирин тыһыынчанан олохтооҕоаҕа көлүөнэ дьоноҕолордьахталлар тыылга көмүс көлөһүннэрин тоҕонүгүс сыраларын ууран Кыайыыны уһансыбыттара.

Ньиэмэс халабырдьыттарын утары сэриигэ төһө да сору-муҥуөлүүнү-сүтүүнү көрүстэрөстөөх иннигэр сөһүргэстээбэтэхкырыктаах кыргыһыыга кыайбыт, нацизмы үлтүрүппүтэйэлээх халлааны бэлэхтээбит аҕа көлүөнэ дьон иннигэр сүгүрүйэбитУлуу норуоппут кыайыытыгар хас биирдиибит ытыктабылы кэрэһилиир күммүтҮйэлэргэ өлбөөдүйбэтсомоҕолоһуугутАҕа дойдуга тапталгыт иһин махтанабыт.

Хас эмэ уонунан сыллар ааспыттарын кэнниттэн биһиги дойдубут көҥүлү уонна кырдьыгы туруулаһарга күһэлиннэКыайыыны аҕалбыт көлүөнэ сыдьааннара байыаннай дьайыы ыытыллар сиригэр Украина неонацистарыттан Ийэ дойдуну көмүскүүр ытык иэстэрин толороллор. Оччотооҕу Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар курдук биһиги буойуннарбыт хорсун быһыылара Ийэ дойдуга тапталынан угуттанар.

Улуу Кыайыы устуоруйатыгар ааттара көмүс буукубанан суруллубут Сэбиэскэй Сойуус ДьоруойдараАҕа дойду Улуу сэриитин бары кыттыылаах­тара — биһиги албан ааппытАрассыыйа Федерациятын Дьоруойдара, өбүгэлэрбит кэриэстэригэр бэриниилээхаҕаларбытэһээлэрбит кыайыыларын үксэтэр буойуннарбыт – биһиги киэн туттуубутБиһиги хорсун буойуннарбытынанбайыаннай дьайыы хас биирдии кыттыылааҕынан муҥура суох киэн туттабытБиһиги дьыалабыт кырдьыктаахбиһиги булгуччу кыа­йыахпыт!

Бүгүн биһиги сэрии толоонуттан эргиллибэтэх буойуннарбытын сүгүрүйэ ахтабыткыайыыны уһансыбыт бэтэрээннэрбитигэр барҕа махтал тылларын этэбитЭһигини кытта биир кэмҥэ олорор биһиэхэ үрдүк дьол!

Сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэрсэрии оҕолоругар ураты сыһыаннаахпытӨйөбүл дьаһалларын өрүү тупсарабыт. Саха сиригэр Улуу Кыайыы күнүнэн гражданнар туспа категорияларыгарАҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, «Жителю блокадного Ленинграда» бэлиэнэн наҕараадаламмыт дьоҥҥоАҕа дойду Улуу сэриитин өлбүт инбэлииттэрин уонна кыттыылаахтарын огдооболоругарАан дойду иккис сэриитин кэмигэр фашистар уонна кинилэр союзниктара тэрийбит концентрационнай лааҕырдарыгаргеттоларыгар хаайыллыбыт сокуоннайсаастарын ситэ илик оччотооҕу оҕолорготыыл бэтэрээннэригэр социальнай төлөбүр оҥоһуллан саҕаланна.

2024 сылтан Аҕа дойду Улуу сэриитин оҕолоругар Кыайыы күнүгэр анаан сыл ахсын харчынан төлөбүр оҥоһуллуоҕаБу харчыны 12 тыһыынчаттан тахса киһи ылыаҕаэрэгийиэн бүддьүөтүттэн 49 мөлтахса солкуобай көрүлүннэ.

2025 сылга Кыайыы 80 сылын көрсө бу төлөбүр биллэ улаатыаҕа.

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Бу ытык күнүнэн эҕэрдэлиибинЭйэниэтэҥҥэ буолуунукытаанах доруобуйаныдьолу баҕарабын!

Аҕа дойду дьоруойдарын ааттара үйэлэргэ умнуллубатынУлуу дойдубут үүнэ-сайда турдун! Ким да умнуллубаттуох да умнуллубат!

Улуу Кыайыы күнүнэн!

Айсен НИКОЛАЕВ,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана.

This post was published on 09.05.2024 09:09 09:09