Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитин ахсынньы 22 күнүгэр оҥоруоҕа

Хаартыска: ЯСИА саайт

Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 22 күнүгэр 12:00 чаастан Ил Түмэҥҥэ Анал этиитин оҥоруоҕа.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга ааһан эрэр сыл түмүктэрин таһаарыаҕа уонна регион инники сайдар хайысхаларын этиэҕэ.

Тэрээһин бырабыыталыстыба 1-кы дьиэтигэр буолуоҕа.

Быһа ээпиир «Якутия 24», «Саха» НКИХ, «Россия 24» ханаалларга көстүөҕэ, итиэннэ «Тэтим» уонна «Радио России-Саха» араадьыйаларга иһиллиэҕэ.

This post was published on 19.12.2023 09:33 09:33