Саха сирин баһылыга Айсен Николаев бу күннэргэ Судаарыстыбаннай дуума депутата Галина Данчикованы кытта көрсөн үлэ хаамыытын туһунан кэпсэттилэр.
Өрүттэр Россия президенин соруктара Саха сиригэр туолууларын тула кэпсэттилэр, ол иһигэр Федеральнай Мунньахха туһаайыытыгар этиллибит соруктары дьүүллэстилэр. Ол туһунан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.
«Сүрүн болҕомтону Саха сиригэр социальнай эйгэ сайдыытын кытта сибээстээх боппуруостарга уурдубут. Национальнай бырайыактар, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр туһуламмыт сокуон киириитин, сокуоннары көҕүлээһин тустарынан кэпсэттибит. Биһиги байыастарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ сүрүн аспект — этиилэрин кытта үлэ буолар. Галина Иннокентьевнаны киирэр боппуруостары хонтуруолга тутарын көрдөстүм, ордук чуолаан төлөбүрдэр уонна чэпчэтиилэр хайысхаларыгар», — диэн суруйда Айсен Николаев.
This post was published on 17.04.2024 17:01 17:01