Ил Дархан Айсен Николаев: Дойдубут Конституцията – киһи дьоһун олоҕун мэктиэтинэн буолар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн эҕэрдэтэ

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Биһиги Ийэ дойдубут саамай элбэх омуктаах дойдунан биллэр. Россия Федерациятын Конституцията киэҥ нэлэмэн Россиябыт сиригэр-уотугар биир дойдулаахтарбыт бигэ тирэхтээх уонна сомоҕолоһуулаах буолууларын мэктиэлиир.

Дойдубут Конституцията – демократическай сайдыы бигэ олоҕунан, быраап тиһигин төрүөтүнэн, уларыйыы кэлэр тосхолун хайысхатынан, хас биирдии киһи дьоһун олоҕун мэктиэтинэн буолар. Россия Төрүт сокуона дойду олохтоохторун тыын боппуруостарын бары өттүнэн сүрүннүүр. Бу сокуонунан судаарыстыба тутулуга суох уонна биир сомоҕо буолуута, сайдыыта, Россия Федерациятын хас биирдии гражданинын бырааба уонна көҥүлэ быһаарыллар.

Биһиги Конституциябытыгар үйэлэри уҥуордаан кэлбит сыаннастарбыт, ол иһигэр сомоҕолоһуу, дойдуга бэриниилээх буолуу, өбүгэлэр үгэстэригэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыы, дьиэ кэргэн уонна духуобунай төрүттэри тутуһуу, кэлэр кэскилбитигэр итэҕэйии бигэтик сурулла сылдьаллар.

Сахабыт сирэ атын эрэгийиэннэри кытта сүдү кылаатын дойдубут кыахтаах буоларыгар киллэрэр. Эрэгийиэннээҕи валовай бородуукта 2,3 трлн. солкуобайы куоһарбыта өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ тэтимнээхтик сайдан иһэрин бэлиэтэ. Эрэгийиэммитигэр национальнай бырайыактар ситиһиилээхтик олоххо киирэллэр, социальнай эбийиэктэр уонна дьиэ-уот тутуллар. Өлүөнэ муостатын тутуу, Дьокуускай уонна Нерюнгри курдук куораттар маастар-былааннарын олоххо киллэрии, Дьокуускайга үрдүк үөрэх кампуһун, толору цикллаах киинэ павильонун тутуу, Олоҥхо уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинин тутуутун ситэрии ураты суолталаах соруктары дойду Президенэ Владимир Путин биһиги өрөспүүбүлүкэбит иннигэр туруорбута.

Бүгүҥҥү уустук геополитическай усулуобуйаҕа Россия олохтоохторун сомоҕолоһуулара, устуоруйа кырдьыгын көмүскүүллэрэ тастан киирэр кутталга утарылаһар ураты күүс буолар. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара түмсүүлээхтэрин көрдөрөн, Аҕа дойдубутун хорсуннук көмүскүүллэр, эһэлэрбит, хос эһэлэрбит саҕалааһыннарын үтүө суобастаахтык салгыыллар.

Конституцияҕа ыйыллыбыт сыаннастарбытын ытыктыыр уонна харыстыыр, онно олоҕуран бигэ демократическай судаарыстыбаны тутар – биһиги сүрүн сорукпутунан буолар.

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар эйэни уонна этэҥҥэ буолууну, үлэҕитигэр-үөрэххитигэр ситиһиилэри, торумнаммыт былааҥҥыт туоларыгар, Сахабыт сирин уонна Улуу Россиябыт туһугар таһаарыылаах үлэни баҕарабын!

А.С. Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана

This post was published on 12.12.2024 10:04 10:04