Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл Былатыан Ойуунускай пааматынньыгар сибэкки уурда.
«Сахатын сирин сайдыыта Былатыан Ойуунускайга сүрүн соруга этэ. Кини хаалларбыт кылаата бүгүн биһигини элбэххэ үөрэтэр. Түргэн тэтимнээхтик сайдар инники олохпутугар быраабы ыларга бары өттүнэн эппиэттэһэр буолуохтаахпыт: санаа күүһэ, туруктаах буолуу уонна үчүгэйи эрэ ыраланыы!» — диэтэ Айсен Николаев.
Өрөгөйдөөх чааска Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев, куорат дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, депутаттар, уопсастыбаннай палаата чилиэннэрэ, уопсастыбаннас уонна ыччат кыттыыны ылла.
Бүгүн Саха сирэ судаарыстыбаннас күнүн бэлиэтиир — судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларация ылыллыбыт күнэ.
This post was published on 27.09.2022 17:32 17:32