Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Бу бырааһынньык биһиэхэ эр киһи үрдүк аналын – төрөөбүт дойдуга тапталын, көмүскүүргэ бэлэмин, норуотун уонна чугас дьонун туһугар эппиэтинэһин, дойдуга бэриниилээх буолуутун уонна эр санаатын бэлиэтэ буолар. Биһиги Ийэ дойдуларын көмүскээбит дьоммутун умнубаппыт уонна кинилэр сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэбит.
Бүгүн биһиги дойдубутугар эйэлээх олоҕу уонна куттал суох буолуутун турууласпыт дьоммутун эҕэрдэлиибит, ол туһугар олохторун толук уурбут дьоммутун ахтан-санаан ааһабыт. Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр махталбытын тиэрдэбит. Сылтан сыл эһиги ахсааҥҥыт аҕыйыыр, ол эрээри бу алдьархайдаах сэриини ааспыт ытык дьоммут туһунан өйдөбүл өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр мэлдьи тыыннаах буолуоҕа.
Дьоҕус байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарыгар уонна бэтэрээннэригэр, саппааска сылдьар байыаннай сулууспалаахтарга махтанабыт! Биһиги кэккэбитигэр атааннаһыыны, арахсыыны күөртүү сатыылларын үрдүнэн, күн бүгүн Ийэ дойдубут уонна биир дойдулаахтарбыт көмүскэллээх буолалларын туһугар ытык иэстэрин толоро сылдьар дьоммутугар – барыгытыгар махтанабыт!
Эһиги баар буолаҥҥыт эйэлээх олоххо олоробут, айар-тутар кыахтаахпыт, олоҕу хамсатар бырайыактары үлэҕэ киллэрэбит.
Эһиги төрөөбүт дойдуга ытык иэһи толоруу холобура буолаҕыт! Андаҕары толоруу, модун санаа, хорсун быһыы уонна дойдуга бэриниилээх буолуу – бу эһиги тускутунан этиллэр тыллар.
Күндү доҕоттор!
Биһиги ыччаттарбыт, үүнэр көлүөнэ аҕаларын, эһэлэрин, хос эһэлэрин хорсун быһыыларын билэллэригэр, өйдүү-саныы сылдьалларыгар, дойдубут устуоруйатын билэллэригэр, сыаналыылларыгар уонна харыстыылларыгар кыһамньыбытын ууруохпут.
Бүгүҥҥү кэрэ-бэлиэ күнүнэн чэгиэн туругу, ситиһиилэри, иллээх дьиэ кэргэни, эйэлээх халлааны баҕарабын! Бырааһынньыгынан!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев
This post was published on 23.02.2022 09:38 09:38