Сүбэ мунньахха кини, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, Дьокуускайга аан дойду таһымнаах үрдүк үөрэх кыһаларын ситимниир кампуһу тутан-оҥорон таһаарар бырайыак оҥоһулла турарын санатта. Бу бырайыак биир сорҕотунан АГАТУ буолуохтаах. Кампус баазатыгар үөрэх кыһалара саҥа тыыны ылыахтара.
Ил Дархан тыа сирин хаһаайыстыбатынан хайысхалаах үөрэх кыһаларыгар агрооскуолалары бүтэрбит оҕолор киирэр ахсааннара элбиирин туһугар, агрооскуолалар үлэлэригэр уларыта тутуу наада буолбутун бэлиэтээтэ.
Экология, айылҕаны туһаныы, ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна Тыа хаһаайыстыбатын, ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ наадалаах салааларга үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэри бэлэмнээн таһаартыыр туһугар АГАТУ-ну кытта бииргэ үлэлииллэрин күүһүрдүөхтээхтэр диэн кичэйэн бэлиэтээтэ.
Бу үлэҕэ чорботон саҥа технологиялары киллэрии, автоматизированнай оҥорон таһаарыыны сайыннарыы уонна тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын үрдэтэр, бородууксуйа сыанатын аччатар кыахтаах исписэлиистэри анаан бэлэмнээһин буолар.
АГАТУ сайдар бырагырааматын бырайыагын ректор Валерий Федоров билиһиннэрдэ. Кыһа стратегическай сыала-соруга — 2030 сылга эрэгийиэн научнай-технологическай сайдыытын хааччыйар, экономика тыатын хаһаайыстыбатыгар научнай оҥорон таһаарыылары киллэрэр, тарҕатар, урбаанныыр, чинчийэр кыахтаах каадырдары бэлэмниир университет буолуоҕа, диэтэ.
Ил Дархан үөрэххэ туттарсыы хайдах бара турарын билистэ, тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ оборудованиеларын, оҥорон таһаарбыт бородуукталарын быыстапкатын көрдө.
“Үчүгэй үлэлэр бааллар. Саамай сүрүнэ – бу оҥорон таһаарыылары Саха сирин аграрнай комплексыгар олох тыаҕа таһааран туһаныыны, олоххо киллэриини быһаарыы. Хомойуох иһин, атын эрэгийиэннэр, тас дойдулар ырыынактарыгар тахсыбатах, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тарҕамматах биирдиилээн түбэлтэлэр эрэ бааллар. Онон биһиги технологическай урбаанныын сибээстээх исписэлиистэри бэлэмнииргэ болҕомтобутун ууруохтаахпыт”, — диэн тоһоҕолоон эттэ Айсен Николаев.
Источник: Саха сирэ саайт
This post was published on 17.07.2024 09:31 09:31