Саха сиригэр аэропортары саҥардан оҥоруу түргэн тэтиминэн барыахтаах. Региоҥҥа тырааныспар сырыыта аһаҕас буолуохтаах. Ол туһунан Айсен Николаев быһа эфир кэмигэр бэҕэһээ эттэ. Кини өссө биир сүрүн соругунан ис рейстарга авиабилиэт сыанатын намтатыы буоларын эттэ, суруйар СИА.
«Айан аһаҕас буоларыгар ис рейстарга билиэт сыанатын түһэрии сүрүн сорук буолар. «Аврора» Уһук илиҥҥи хампаанньа манна сөптөөх быһаарыы ыларыгар эрэнэбин. Ол иһин бу хампаанньаны кытта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэстибит, тоҕо диэтэххэ Дьокуускай — Москва, Дьокуускай — Владивосток, бу саамай дьон наадыйар рейстара, үгэс быһыытынан конкуренциялаахтар, ити эрээри быһаарыллар кыахтаахтар. Оттон Черскэй, Баатаҕай хайысханан көтүүгэ боппуруоһу федеральнайдааҕы бюджеттан субсидиялааһын эрэ быһаарар кыахтаах. Өрөспүүбүлүкэ бюджета манна тиийбэт. Бэйэбит этиибитин туруорсабыт, субсидия баар буоларыгар», — диэтэ Айсен Николаев.
«Аэропортары саҥардан тутуу тиэмпэтэ түргэтиэхтээх. Биһиэхэ 14 аэропорт бу дьаһалга киирэ сылдьар. Сорохтор бүппүттэрэ, сорохтор тутуллаллар. Улахан үлэ барар, национальнай бырайыак иитинэн ыытыллар сорук, тырааныспарынан сырыы аһаҕас буоларыгар туоларыгар эрэллээхпин», — эттэ Ил Дархан.