Күндү Далбар Хотуттар! Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини сандал саас бырааһынньыгынан – Аан дойду дьахталларын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Былыр-былыргыттан биһиги, хоту дойду олохтоохторо, дьахтар алаһа дьиэни иччилиир, олоҕу салҕыыр, норуот өй-санаа өттүнэн мунньуммут барҕа баайын чөл хаалларар аналын өрө тутабыт. Дьахтар биһиэхэ өрүү үтүө майгытынан, сайаҕас, амарах санаатынан эдэр көлүөнэҕэ Таптал, Үтүө санаа уонна Эрэл курдук үйэлээх сыаннастары иҥэрээччи быһыытынан ытыктанар.
Аныгы кэм дьахтара аҥаардас алаһа дьиэни иччилээччи эрэ буолбатах, кини – идэтин үрдүктүк баһылаабыт, дьыалабыай хаачыстыбалаах көхтөөх үлэһит.
Күндү дьахталлар!
Эһигинэ суох өрөспүүбүлүкэ сайдыыта кыаллыбат. Уҕараабат эрчимҥитинэн экэниэмикэ бары эйгэтигэр көхтөөхтүк кыттаҕыт, дириҥ өйгүт, эппиэтинэстээх сыһыаҥҥыт уонна үрдүк сатабылгыт холобур буолар.
Ханнык да үлэни ылыстаргыт, ол үлэ дьахтар аймах ураты кичэллээх сыһыанынан өрүү үтүө суобастаахтык толорулларыгар бигэ эрэллээхпин. Эһиги өйөбүлгүт, дириҥ толкуйгут, эйэҕэс сыһыаҥҥыт уонна тулуургут биһигини, эр дьону, саҥа арыйыыларга уонна хорсун быһыыларга кынаттыыр.
Күндү Далбар Хотуттар, эһиги уҕараабат кыһамньыгытынан уонна тапталгытынан угуттааҥҥыт олохпутун ураты суолталыыгыт, күн сардаҥатын кэриэтэ тулабытын сырдатан сылааһынан сыдьаайаҕыт. Бу кэрэ-бэлиэ бырааһынньык күн оҕону иитиигэ амарах санааҕыт, тулуургут, өйөбүлгүт, бэриниигит уонна тапталгыт иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Ис сүрэхпиттэн сааскылыы сырдык санааны, чөл туругу, дьолу, үтүөнү уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын! Хас биирдии күҥҥүтүн үөрүү уонна сылаас сыһыан арыаллаатын!
Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана