«Саха сиригэр үтүө санаалаах, киһи кыһалҕаҕа түбэстэҕинэ эппиэтинэһи бэйэлэригэр ылынан, көмөҕө кэлэр дьон элбэҕин ааспыт сыл көрдөрдө. Кинилэр хорсун быһыылара олоҕу тупсарар», — диэтэ Айсен Николаев.
Россия почтатын Кэбээйи улууһунааҕы салаатын начальнига Афанасий Полятинскай айан суола ыараханын аахсыбакка, 350 килэмиэтири хааман, тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар баһыылкалары, суруктары тириэртэ.
Бороҕоҥҥо умайа турар дьиэҕэ ОДьКХ слесара Юрий Калининскай киирэн, аһаҕас уоттан үс оҕону быыһаата.
Нерюнгритааҕы лицей 11 кылааһын үөрэнээччитэ Кирилл Бобарыкин ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит киһиэхэ бастакы көмөнү оҥордо.
Орто Халыма улууһугар «Полярные авиалинии» АХ МИ-8 экипаһа — командир Сергей Трибой, пилот-инструктор Семён Семёнов, бортмеханик Алексей Винокуров тоҥон эрэр дьону өлүүттэн өрүһүйдүлэр.
12 ыарыһаҕы медицина национальнай киинин кардиохирургтара Чингиз Степанов уонна Леонид Павлов эмтээтилэр. Кинилэр аан бастаан сүрэххэ намыһах температураны туһанан эпэрээссийэ оҥордулар.
«Маннык дьон Саха сирин үрдүнэн аҕыйаҕа суох. Бэйэлэрин дьоруойдарынан аахпаттар эрээри, чуолаан, кинилэр баар буолан, дьон үтүөҕэ, сырдыкка итэҕэйэр, өрөспүүбүлүкэ инникитигэр эрэнэр. Кинилэр дьиҥнээх патриоттар! », — диэтэ Айсен Николаев.