Бэс ыйын 13 күнүн түүнүгэр Иркутскай уобаласка Өлүөнэ өрүскэ икки танкер харсыста. Биир суудунаҕа бензин тиэллэн испит улахан киэли алдьанан бүтүннүү өрүскэ түспүт.
«Алексей Хабаров» уонна «ТР- 901» диэн танкердар Киренскэй оройуонун Алексеев бөһүөлэгэр харсыстылар. Манна ЧС режимин киллэрдилэр.
Саахал түмүгэр «А. Хабаров» теплоходка киэли алдьанна, диэн Илин Сибиирдээҕи тырааныспар прокуратурата иһитиннэрдэ. Бензин Өлүөнэ өрүс акваториятыгар түстэ. Билигин уматык ууга түһэрин тохтоттулар. Өлүөнэ эбэҕэ түбэспит нефть бородууктатын кээмэйэ чуолкайданар.
This post was published on 13.06.2023 14:01 14:01