Урутаан сайдар территориялар (ТОР) резиденнэрэ «Якутия» уонна «Южная Якутия» 9,6 тыһ саҥа үлэ миэстэтин таһаардылар. Инвестиция уопсай иэнэ 72 резидент сөбүлэҥинэн 203 млрд солк тахса.
Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата кэпсээтэ. ТОР-дар 2014 сыллаахха Россия президенэ Владимир Путин көҕүлээһининэн тэриллибиттэрэ. «Якутия» уонна «Южная Якутия» ТОР резиденнарыгар сир учаастага, инфраструктура, нолуокка чэпчэтии уонна инвестордарга административнай преференция көрүллэр, бу барыта өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар улахан оруоллаах.
Икки ТОР территориятыгар бырайыактары олоххо киллэриигэ 111 млрд солк угулунна. «Южная Якутия»-ҕа киирсэллэр: «Денисовский» уонна «Инаглинский» ГОКтар. «Якутияҕа» — Жатайдааҕы судоверфь, «Саюри» тепличнай комплекс, «Квартал труда» креативнай кластер, Аллара Бэстээххэ кууһунан атыылыыр киин уонна «Полярная звезда» оҕо киинэ.
This post was published on 15.05.2024 14:01 14:01