Икки сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 45 хочуолунай тутуллубут

ОДьКХ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн 2018 2020 сылларга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 45 хочуолунай тутуллубут. Итинтэн 25-һэ быйыл киирэр. Коммунальнай комплекс эбийиэктэрин саҥардыыга 11 млрд үп көрүллүбүт, итинтэн 8 миллиарда чааһынай инвестиция.


Ил Дархан быһаарыытынан олохтоммут «2019-2024  сылларга Бүлүү бөлөх улуустарыгар уу ситимин сайыннарыы» бырагырааматын чэрчитинэн 2019 сылга 10 улууска уу таһар анал тиэхиньикэ ылыллыбыт.

Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Бүлүү, Мииринэй улуустарын нэһилиэктэригэр 14 уу ыраастыыр кыра кыамталаах (сууккаҕа 20-тэн 100 куб. м ыраастыыр) ыстаансыйалары туруортар. Сунтаар күөлүн таһыгар 200 м3 кыамталаах икки уу скважинатын хаһан бэлэмнээбиттэр, маны таһынан Сунтаар улууһугар сир аннынааҕы ууну көрдүүр үлэлэр саҕаламмыттар.

2024 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ 15 улууһугар канализационнай-ыраастыыр тутуулар тутуллуохтаахтар.

Бөҕү хомуйуу, тиэйии 79 муниципальнай тэрээһиҥҥэ тэриллибит. Кытаанах коммунальай бөҕү тиэйиинэн Саха сирин нэһилиэнньэтин 61 % -на хабыллыбыт. Быйыл ити сыыппара 66% тэҥнэһиэхтээх.

Бүлүүлүүр тракт 27-с килэмиэтиригэр кытаанах коммунальнай тобохтору мунньар полигон, Дьокуускайга бөҕү наардыыр, сүөкүүр ыстаансыйаны тутуу саҕаламмыт.

This post was published on 28.09.2020 13:01 13:01