Олунньу 4 күнүгэр Саха сиригэр эрдэлээн быыбар Орто Халыма Бастакы Мээтис нэһилиэгэр уонна Уус Алдан Бэрт Ууһугар буолла.
Иккиэннэригэр «Биир ньыгыл Россия» баартыйа чилиэннэрэ кыайдылар. Кинилэр бэйэ туруоруммут дьон.
Саха сиринээҕи киин быыбар кэмитиэтин дааннайынан, Бастакы Мээтис нэһилиэгэр быыбарга кыттыбыт куоластааччы 52,66%-на Владимир Колесовы талбыт, кини индивидуальнай предприниматель.
Бэрт Ууһун нэһилиэгэр быыбардааччы 56,20% Илья Ильиҥҥа куолаһын биэрбит, кини Уус Алдан улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын менеджера.