Орто Халыма улууһугар Андрюшкино-Колымское кыһыҥҥы суолу хаар устун 100 км анньар хаалла. Маныаха нэдиэлэттэн ордук кэм наада, диэн СИА-ҕа Тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
“Кыһыҥҥы суол үлэтигэр икки сменанан, суукканы эргиччи кэриэтэ үлэлииллэр. Кулун тутар ортотугар диэри бүтэриэхтээхтэр”, — диэтилэр биэдэмистибэҕэ.
Бүгүн Черскэй — Колымскай — Карлуково хайысхатынан суол баар. Тиһэх пуунтан Андрюшкиноҕа диэри 100 км. солууллара хаалла. Халыҥ хаар уонна буурҕа үлэлииргэ харгыстыыллар. Хаар халыҥа нуорманы 2-2,5 төгүл куоһарда.
Суолу анньарга “Шантуй” тиэхиньикэ уонна ыарахан уйуктаах көлүөһэлээх К-700 тыраахтар үлэлииллэр. Хаар дьапталҕата халыҥыттан бульдозер биирдэ ылан ыраастаан кэбиһэрэ кыаллыбат.
“Балаһыанньа уустук, ол эрээри суолу эрдэ арыйарга дьулуһуохпут”, — диэтэ билигин Орто Халымаҕа көрө-истэ сылдьар, СӨ Массыына суолларын управлениетын генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Федоров.
This post was published on 06.03.2018 16:53 16:53