Итирик туруктаах массыынанан сылдьан, саахал таһаарбыт, икки киһини суорума суоллабыт суоппары быстах кэмҥэ тутар изоляторга олортулар. Ити туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Быһылаан түмүгэр итирик суоппар кэлэн түспүт «Тойота Чайзер» массыына тимир өрөһөтүгэр кубулуйбута.
Быһылаан холуобунай дьыала тэриллэригэр силиэстийэлиир уорганнарга бэриллибитэ. Массыынаны итирик ыытыы, икки уонна онтон элбэх киһини сэрэҕэ суохтан өлөрүү иһин көҥүл 9 сылга диэри хаарчахтаныан, ону таһынан дуоһунастан үс сылга диэри тохтотуллуохха сөп.