Икки Бе-200 сөмөлүөт Саха сиригэр ойуур баһаарын умуруора кэлэргэ бэлэм

Саха сирин сиригэр- уотугар бэс ыйын 28 күнүттэн ыксаллаах быһыы- майгы режимэ үлэлиир. Мииринэй, Томпо уонна Уус-Маайа оройуоннарыгар ойуур баһаарыгар быһыы-майгы ордук уустук, онно муниципальнай таһымнаах ЧС режимэ биллэрилиннэ.

Туох баар күүһү, үбү-харчыны мобилизациялааһын бара турар. Сотору кэминэн өрөспүүбүлүкэҕэ Бе- 200 сөмөлүөт  уонна Арассыыйа ЫБМ сулууспатын бөртөлүөтэ кэлиэҕэ. Саха сирин баһылыга Айсен Николаев ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйар хамыыһыйа мунньаҕын ыытта, диэн регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Саха сирин сиригэр-уотугар регион таһымнаах ЧС режимэ биллэриллэн турар. Санатан эттэххэ, маннык режими икки оройуоҥҥа муниципальнай характердаах режим биллэриллиннэҕинэ региоҥҥа киллэриллэр. Бу режим эбии күүһү, үбү- харчыны тардар кыаҕы биэрэр. Былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, быһыы- майгы биһиэхэ быдан үчүгэй. Былырыын баччаларга 308 969,9 гектар иэннээх сиргэ 315 ойуур баһаара  эбит буоллаҕына, бүгүн биһиэхэ 57 айылҕа баһаара 64 658 гектар иэннээх сиргэ умайа турар, ол да буоллар  быһыы-майгы син биир судургута суох», — диэтэ Николаев.

This post was published on 01.07.2022 10:03 10:03