Госдуумаҕа икки уонна онтон элбэх, сокуоннай сааһын туола илик оҕолоох ийэлэргэ нэдиэлэтээҕи үлэ чааһын аҕыйатар туһунан сокуон барылын киллэрдилэр. Көҕүлээһини ЛДПР баартыйа дьокутааттара киллэрдилэр диэн ТАСС суруйар.
Сокуон барылыгар 18 сааһын туола илик икки уонна онтон элбэх оҕолоох дьахталларга үлэ нэдиэлэтин 1 чааһынан кылгатар туһунан суруллар. Ол эбэтэр, үлэ нэдиэлэтэ кинилэргэ 40 чаас буолбакка, 39 чаас буолар. Уларытыыны РФ Үлэ кодексыгар киллэрэргэ туруорсаллар.
— Үлэ бириэмэтэ улаханнык уларыйбат, онон үлэни биэрээччи элбэҕи сүтэрбэт. Оттон ийэлэргэ дьиэ кэргэттэригэр, оҕолоругар, эбэтэр, бэйэлэригэр ананар эбии иллэҥ чаас тахсар. Ийэ үлэтин таһынан, уһуйааҥҥа, оскуолаҕа төрөппүт мунньаҕар сылдьарыгар, поликлиникаҕа, маҕаһыыҥҥа барарыгар, о.д.а. элбэх эбии ноҕуруусканы көрсөр. Оттон билигин икки оҕолоох ийэҕэ чэпчэтии миэрэлэрэ суохтарын кэриэтэ, — диэн дьокутааттар этэллэр.
2020 сыллаах Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис көрдөрөрүнэн, дойдуга 17,9 мөлүйүөн икки оҕолоох дьахтар баар.
This post was published on 04.06.2024 11:02 11:02