Экономика сайдыытын министиэристибэтэ «Мама-предприниматель» бырайыагы саҕалаата. Оҕолоох ийэлэр эбэтэр «декретнэй» уоппскаҕа олорооччулар бэйэ дьыалатын арыныахтарын сөп.
Бырагыраама ыам ыйын 1 — алтынньы 1 күннэригэр үлэлиир, «Мой бизнес» кииннэргэ, дойду бары регионнарыгар. Дьаһал дьоҕус уонна орто бизнеска анаммыт национальнай бырайыак сорҕото буолар.
2023 сылга бырагыраама 1500 ийэни бизнеһи салайыыга үөрэтиэҕэ.
«Мама-предприниматель» Россияҕа 10-с сылын үлэлиир. 7000 дьахтар кытынна, 247 ийэ уонна оҕо күүтээччи дьахтар куонкурус кыайыылааҕынан буолла, суруйда киин СМИ.
This post was published on 17.03.2023 12:01 12:01