«Ийэ өлбөт үйэлээх хорсун быһыыта» бырайыак тыһыынчанан ааты үйэтиттэ

«Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай тэрилтэ Саха сиринээҕи салаата Кыайыы 75 сылыгар анаммыт «Ийэ өлбөт үйэлээх хорсун быһыыта» көрдүүр-чинчийэр бырайыагын онлайн түмүктээтэ.


Бырайыак Аҕа дойду улуу сэриитигэр оҕолорун сүтэрбит ийэлэри булууга, кинилэр дьылҕаларын кэрэһэлиир архыып докумуоннарын, хаартыскалары, видеоматырыйааллары чөкөтүүгэ анаммыт. Бырайыакка барыта алта — Амма, Ньурба, Өлүөхүмэ, Томпо, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас улуус кыттыыны ылбыт.

Уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Прасковья Борисова бырайыак бу курдук түмүктэри аҕалтын билиһиннэрэр:

  • Амма улууһа – 522 ийэ аата;
  • Үөһээ Бүлүү улууһа – 56 ийэ аата;
  • Ньурба улууһа – 101 ийэ аата;
  • Өлүөхүмэ улууһа – 92 ийэ аата;
  • Томпо улууһа – 38 ийэ аата;
  • Хаҥалас улууһа – 255 ийэ аата;

Сэриигэ атаарбыттар:

  • 9 уолун – Ньурба улууһуттан 1 ийэ;
  • 7 уолун – Өлүөхүмэ улууһуттан 2 ийэ;

6 уолларын:

  • Амма улууһуттан 1 ийэ;
  • Үөһээ Бүлүү улууһуттан 2 ийэ;
  • Өлүөхүмэ улууһуттан 1 ийэ;
  • Ньурба улууһуттан 1 ийэ;
  • Хаҥалас улууһуттан 2 ийэ;

5 уолларын:

  • Амма улууһуттан 2 ийэ;
  • Үөһээ Бүлүү улууһуттан 2 ийэ;
  • Өлүөхүмэ улууһуттан 1 ийэ;
  • Хаҥалас улууһуттан 2 ийэ;

4 уолун уонна кыыһын:

  • Амма улууһуттан 13 ийэ;
  • Үөһээ Бүлүү улууһуттан 9 ийэ;
  • Ньурба улууһуттан 10 ийэ;
  • Өлүөхүмэ улууһуттан 10 ийэ;
  • Томпо улууһуттан 3 ийэ;
  • Хаҥалас улууһуттан 5 ийэ;

3 уолун:

  • Амма улууһуттан 52 ийэ;
  • Үөһээ Бүлүү улууһуттан 15 ийэ;
  • Ньурба улууһуттан 11 ийэ;
  • Өлүөхүмэ улууһуттан 14 ийэ;
  • Томпо улууһуттан 8 ийэ;
  • Хаҥалас улууһуттан 12 ийэ;

2 уолун:

  • Амма улууһуттан 92 ийэ;
  • Үөһээ Бүлүү улууһуттан 22 ийэ;
  • Ньурба улууһуттан 21 ийэ;
  • Өлүөхүмэ улууһуттан 20 ийэ;
  • Томпо улууһуттан 21 ийэ;
  • Хаҥалас улууһуттан 42 ийэ;

1 уолун:

  • Амма улууһуттан 362 ийэ;
  • Үөһээ Бүлүү улууһуттан 6 ийэ;
  • Ньурба улууһуттан 57 ийэ;
  • Өлүөхүмэ улууһуттан 44 ийэ;
  • Томпо улууһуттан 6 ийэ;
  • Хаҥалас улууһуттан 192 ийэ.

«Саха сирин ийэлэрин Албан аата» түмэл экспозиционнай саалатыгар бырайыак түмүгүн кэпсиир стендэ ыйаммыт. Бырайыак иитинэн 100 ийэ мэтириэтэ бэлэмнэммит. Коронавирус дьаҥа халбарыйдаҕына саала аана дьон сылдьарыгар аһыллыа.

Прасковья Борисова өрөспүүбүлүкэ архыыптара, түмэллэр, нэһилиэк дьаһалталара, волонтердар, уопсастыбанньыктар улахан үлэни ыыппыттарын бэлиэтиир. «Дьаҥынан сибээстээн төһө да ыараханын иһин былааннамыт үлэ кэмигэр бүттэ. Инникитин бу үлэбитин салҕыыр былааннаахпыт. Хомуйбут матырыйаалларбыт «Саха сирин ийэлэрин Албан аатын» түмэлигэр барыахтара», — диир П. Борисова.

Прасковья Борисова Саха сирин холобурун «Арассыыйа Ийэлэрэ» уопсастыба субъектарга тарҕатар былааннааҕын туһунан иһитиннэрдэ.

This post was published on 24.07.2020 12:01 12:01