«Ийэ хапытаалын» дьиэ ылыытыгар кирэдьиити сабыыга туһаайбыт ыаллар арыый барыыстаах усулуобуйалаах ипотекаҕа көһүүлэрэ судургутуйуон сөп. Ол туһунан этиини Госдуума вице-спикера Ирина Яровая эттэ. Сокуон бырайыагын депутаттар сааскы сессия иккис ааҕыытыгар көрөр былааннаахтар.
2006 сыллааҕы 256-ФЗ №-дээх федеральнайдааҕы сокуонунан оҕолоох дьиэ кэргэттэр «ийэ хапытаалынан» өйөбүл ылар кыахтаахтар. Үгүстэр көмөнү олорор дьиэлэрин тупсарыыга туһаайаллар диэн докумуоҥҥа суруллар.
Билигин ипотека ыстаапката, «хапытаал» бырагыраамата киирбит кэмиттэн, лаппа кыччаата. Ол иһин сорох дьон кыра бырыһыаннаах кирэдьиити ылан, уруккуларын сабаары бааннарга ыйыталаһаллар.
Билигин оҥоһуллубут сокуон бырайыага бу кыһалҕалары быһаарар.
Сиһилии https://ysia.ru/refinansirovat-ipoteku-s-matkapitalom-budet-proshhe/
This post was published on 31.01.2022 11:01 11:01