Арассыыйа үлэҕэ министиэристибэтэ ийэ хапытаалын ханнык баҕарар оҕотугар ыйдааҕы төлөбүр курдук ылар гына саҥа бырайыак оҥордо диэн, «Российская газета» иһитиннэрдэ.
Билигин ийэ хапытаалыттан ыйдааҕы төлөбүрү дьиэ кэргэн иккис оҕоҕо эрэ ылыан сөп. Ону тэҥэ, харчы оҕо үс сааһыгар эрэ диэри төлөнөр.
«Сокуон саҥа нуорматынан, ийэ хапытаалын үбүн тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн икки бүк үрдүк дохуоттаах дьон, хаһыс да оҕоттон тутулуга суох туһаныахтарын син буолар», — диэн биэдэмистибэҕэ чуолкайдаатылар.
Ыйдааҕы босуобуйа суумата оҕо тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнэһиэҕэ. Ийэ хапытаалыттан төлөбүрдэри 2023 сылтан саҕаланыахтаах универсальнай босуобуйаны кытта тэҥҥэ ылыахха сөп. Санатан эттэххэ, 2023 сылтан оҕолордоох ыалларга универсальнай босуобуйа киириэҕэ.
This post was published on 31.10.2022 16:05 16:05