Ийэ хапытаалын ыараханнык ыалдьар оҕо эмтэниитигэр туттары көҥүллүүргэ этии киирдэ

Ыараханнык ыалдьар, ол иһигэр онкологиялаах, оҕону эмтииргэ ийэ хапытаалын туттууну көҥүллүүргэ этии киирдэ. Ол туһунан РФ киһи быраабыгар боломуочуйалаах Татьяна Москалькова иһитиннэрдэ диэн суруйар «Парламентская газета».

Татьяна Москалькова эппитинэн, Россия онкологиялаах оҕолоро кыраныысса таһыгар эмтэниилэригэр аккаас ылаллар. Бу тырааныспарынан айаны уонна сибээс тохтооһунун кытта сыһыаннаах.

«Оҕолорго көмөлөһүүгэ бэйэбит механизмнарбытын оҥоруохтаахпыт. Ол иһигэр ийэ хапытаалын ыараханнык ыалдьар, ол иһигэр онкологиялаах оҕо эмтэниитигэр туттууну көҥүллүөхтээхпит», — диэтэ кини Госдуума киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар.

Маны сэргэ, Москалькова ыарахан сыаналаах эми атыылаһыыга уонна ыарахан сыаналаах эпэрээссийэни оҥорууга бырыһыана суох эбэтэр кыра бырыһыаннаах кирэдьиити биэрэр туһунан этиннэ.

This post was published on 18.03.2022 13:01 13:01