Россия ыаллара «Ийэ хапытаалын» туһаныыга мобильнай сыһыарыыны туттуохтарын сөп. Билигин дьаһал ситэриллэн оҥоһуллар. Ол туһунан үлэ миниистирэ Антон Котяков Петербургтааҕы форумҥа эттэ, суруйар ТАСС.
«Билигин дойдуга сүрүн бааннары кытта мобильнай сыһыарыы ситэриллэн оҥоһуллар. Үлэҕэ киирдэҕинэ «Ийэ хапытаалын» харчытын туттуу судургутуйуо. Биһиги сорукпут — хапытаалы баан мобильнай сыһыарыытын нөҥүө туттуу«, — кини Сбербаан дьыалабыай кэпсэтиитин кэмигэр эттэ.