Ийэ хапытаалын кээмэйэ олунньу 1 күнүттэн эбиллэр

Россияҕа «Ийэ хапытаалын» кээмэйэ эбиллэр.

Олунньу 1 күнүттэн бастакы оҕоҕо 587 тыһ солк, иккискэ — 775 тыһ солк, өскөтүн дьиэ кэргэн маннык төлөбүрү бастакы оҕотугар ылбатах буоллаҕына.

Социальнай төлөбүр индексациятыгар уопсайа олунньу 1 күнүттэн 152,4 млрд солк көрүллэр. Индексация 40-тан тахса миэрэни хабыаҕа, ол иһигэр оҕону көрөн олоруу ыйдааҕы босуобуйата,  инбэлииттэргэ, бэтэрээннэргэ, Чернобыль кыттыылаахтарыгар ыйдааҕы босуобуйа, ыйдааҕы страховой төлөбүр.

This post was published on 20.01.2023 14:31 14:31