22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ийэ хапытаалын дьиэни өрөмүөннүүргэ туттарга этии киирдэ

14:02, 16 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ийэ хапытаалын ханнык сыалга туттар испииһэги кэҥэтэргэ этии киирдэ. ОНФ сотору кэминэн бырабыыталыстыбаҕа харчыны дьиэ өрөмүөнүгэр ыытыахха сөбүн туһунан этии оҥоруоҕа. «Известия» суруйарынан, идеяны Госдума дьиэ бэлиитикэтигэр уонна ОДьКХ-ҕа кэмитиэтэ уонна фракциялар өйүүргэ бэлэмнэр.


— Биһиэхэ «Прямая линия. Продолжение» диэн бырайыак баар. Ол чэрчитинэн Владимир Путин 2019 сылга нэһилиэнньэни кытта аһаҕас кэпсэтиилэрин тиэмэлэригэр төннөн, быһаарыылары ылабыт. Оннук биир боппуруоһунан ийэ хапытаалын туттуу буолар. Биһиги оператор курдуктарбыт, уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытта үлэлиибит. «Союз матерей» ийэ хапытаалын дьиэ өрөмүөнүгэр туттуохха сөбүн эппитэ, — диэтэ «Известияҕа» ОНФ инники күөҥҥэ тутуллар бырайыактарга уонна стратегическай көҕүлээһиннэргэ депатраменын салайааччыта, Уопсастыбаннай палаата чилиэнэ Юлия Зимова.

Кини эппитинэн, Уопсастыбаннай палаата ыыппыт «Семейная политика: меры поддержки глазами семей» чинчийиитинэн, чуолаан, бу өйөбүл миэрэтэ саамай биллэр. Туһалааҕын, наадалааҕын туһунан ыйытыллыбыт дьон 46% эппит, сыһыары тутан эттэххэ, ийэ хапытаалыгар массыына ылыытын туһунан респондент 44% хоруйдаабыт.

Ийэ хапытаала бастакы оҕоҕо — 466,6 тыһ солк, 150 тыһ солк — иккис оҕоҕо. Ыал бу харчыны кыбартыыра ылыытыгар, ипотекаҕа эбэтэр саҥа дьиэ туттуутугар туһаныахтарын сөп.

Сиһилии https://ysia.ru/matkapital-predlozhili-pustit-na-remont-zhilya/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА