Россияҕа 2022 сылга «Ийэ хапытаалын» 1,3 мөл киһи ылыаҕа, бу туһунан РИА Новости-га Үлэ миниистирэ Антон Котяков эттэ. Бу сыалга Биэнсийэ пуондатын бюджетыгар 440 млрд-тан тахса солк тыырылынна.
Санатар эбит буоллахха, ийэ (ыал) хапытаала — Россия ыалларын судаарыстыба өйүүр дьаһала, «Демография» национальнай бырайыак иитинэн ыытыллар. 2007 сылтан маннык өйөбүлү иккис эбэтэр онтон кэлэр оҕолорун төрөппүт эбэтэр иитэ ылбыт ыал туһанара. 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн «хапытаал» бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ эмиэ бэриллэр буолбута.
2022 сылга төлөбүр кээмэйэ бастакы оҕоҕо 503 тыһ солк тахса уонна иккис уонна онтон кэлэр оҕолорго — 665 тыһ солк.
This post was published on 23.09.2021 16:33 16:33