20 Муус устар 20.04
  • $ 93,44
  • 99,58

Ийэ хапытаала үрдүө

15:01, 17 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2021 сылтан федеральнай Ийэ хапытаала 3,7% үрдүүр буолла диэн РФ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Бу туһунан edersaas.ru суруйар.


Ол курдук, бастакы оҕоҕо – 483 882 солкуобай, иккис оҕоҕо – 639 432 солкуобай бэриллэр буолуоҕа. Биэнсийэ пуондата суоттаан көрбүтүнэн, 2021 сылга Ийэ хапытаалын 1,2 мөлүйүөн дьиэ кэргэн ылыан сөп. Онно 443,3 миллиард солкуобай көрүллүбүт.

Билигин Ийэ хапытаалын суумата бастакы оҕоҕо 466 617 солкуобайга, иккис оҕоҕо 616 617 солкуобайга тэҥнэһэр. Бу иннинэ бэрэсидьиэн Владимир Путин Ийэ хапытаалын 2026 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһатарга соруйбута. Санатар буоллахха, Ийэ хапытаала хас да сыл үрдээбэккэ турбута. Онтон бэрэсидьиэн ыйааҕынан, бастакы оҕоҕо эмиэ бэриллэр буолбута, суумата үрдээбитэ.

2020 сыл муус устар 15 күнүттэн Ийэ хапытаал сэртипикээтэ сайабылыанньата суох оҥоһуллар буолбута. Хапытаалы ылбытын туһунан информация Биэнсийэ пуондатын саайтыгар тус кэбиниэккэ, эбэтэр “Госуслуги” порталга ыытыллар. Дьиэ кэргэн Ийэ хапытаалын сэртипикээтин электроннай көрүҥүнэн тутар.

Үһүс оҕоҕо бэриллэр өрөспүүбүлүкэтээҕи “Дьиэ кэргэн” ийэ хапытаала эһиилгиттэн эмиэ үрдээн, 139 716 солуобайга тэҥнэһиэҕэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар