"Ийэ хапытаала" бырагыраама үлэлиир болдьоҕо Россияҕа уһатылынна

Дьиэ кэргэни уонна оҕону өйүүр боппуруостарга мунньах кэмигэр Владимир Путин «Ийэ хапытаала» бырагыраама болдьоҕо уһатылларын эттэ. Бырагыраама 2026 сыл бүтүөр диэри үлэлиэҕэ. Кээмэйэ улаатыаҕа, суруйар «Российская газета».

Президент эппитинэн, 2020 сылга ийэ хапытаалын ылааччы эргимтэтэ кэҥээбит. Бастакы оҕолорун төрөппүт ыал харчыны ылар бырааптаах.

«Билигин сылын аайы мөлүйүөн ыал ийэ хапытаалын ылар, бырагыраама 2026 сыл бүтүөр диэри уһаата», — диэтэ судаарыстыба баһылыга.

Социальнай харысхал миниистирэ Антон Котяков чуолкайдаабытынан, 2023 сылга босуобуйа кээмэйэ улаатыаҕа, инфляцияны учуоттаан, бастакы оҕоҕо 590 тыһ солк, иккискэ 780 тыһ солк буолуоҕа.

This post was published on 09.11.2022 11:04 11:04