2019 сылтан Ийэ буолууну уонна оҕону өйүүр миэрэлэри үбүлээһин Саха сиригэр 6,8 төгүл улаатта. Ааспыт сылга бу сыалга көрдөрүү 29,2 млрд солк. Ол туһунан үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
««Демография» национальнай бырайыагынан 2019 сылтан 58,6 тыһыынча ыал оҕоломмутунан үбүнэн өйөбүл ылла, барыта 1640 ЭКО процедура оҥоһулунна. 2019 сылтан 24 дьыссаат үлэҕэ киирдэ. Чааһынай дьыссааттарга 2 411 миэстэ таҕыста. Барыта 5 350 миэстэ арылынна. «Содействие занятости» федеральнайдааҕы бырагырааманан оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр төрөппүттэри, ол иһигэр дьахталлары үөрэтэр тэрээһиннэр ыытыллаллар. 2019 сылтан үс тыһыынчаттан тахса киһи үлэнэн хааччылынна», — диэтилэр биэдэмистибэҕэ.
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар демография үрдээһинин былаас үлэтин таһаарыытын сүрүн маркерынан эппитэ.
This post was published on 23.01.2025 16:09 16:09