Таатта киин балыыһатыгар баар оскуолаҕа уопуттаах акушер-гинекологтар уонна акушеркалар үлэлииллэр. «Ийэ буолууга бэлэмнэниигэ араас түһүмэхтээх бырагыраама баар. Сөпкө аһааһын, массаастаныы, саҥа төрөөбүт оҕону көрүү-истии, эмиий үүтүнэн аһатыы. Неонатальнай скрининг уонна төрөөбүт дьахтар уйулҕатыгар ордук болҕомто ууруллар», — диир элбэх сыл уопуттаах акушерка, доруобуйа харыстабылын туйгуна Антонина Павлова. Билигин улууска учуокка 72 дьахтар турар, үгүстэр оскуолаҕа көхтөөхтүк сылдьаллар. Кинилэри кытта үлэҕэ медико-психолого-социальнай көмө кабинета эмиэ кыттар.
Аҕыс ый түмүгүнэн, Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ төрөөһүн ахсаанынан бастаата. Демография балаһыанньата региоҥҥа тупсарыгар дьиэ кэргэни өйүүр миэрэлэр олук буолалар. Барыта 50 бырагыраама үлэлиир.