«Ийэ Албан аата» бэлиэнэн наҕараадаламмыт элбэх оҕолоох ийэлэргэ көрүллэр биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ Саха сиригэр 2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн эбилиннэ. Регионнааҕы үлэ миниистирэ Елена Волкова этиитин СИА-ҕа тустаах пресс-сулууспа тириэртэ.
«Маннык быһаарыыны Ил Дархан Айсен Николаев ылла. Оҕону иитиигэ, дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтүүгэ, элбэх оҕолонууну өйөөһүҥҥэ, демографияны тупсарыыга кылааттарын иһин махталын биллэрдэ.
7 оҕолоох, «Ийэ Албан аата» бэлиэ III степеннээх ийэҕэ төлөбүр билигин 100 тыһ солк буолла. 8 оҕолоох, Бэлиэ II степеннээҕэр — 200 тыһ солк уонна 9 оҕолоох, I степеннээх дьоруой ийэҕэ — 300 тыһ солк», — диэтэ миниистир.
Өрөспүүбүлүкэҕэ 30 тыһыынча кэриҥэ элбэх оҕолоох ийэ олорор.
This post was published on 27.01.2021 18:02 18:02