III уонна IV Малдьаҕар олоҥхоһуттара

Хаҥалас улууһугар XX үйэҕэ олорон ааспыт ийэ олоҥхоһуттары көрбүт, истибит дьон сылын аайы аҕыйаан иһэр. Ол да буоллар сорох нэһилиэктэргэ кыраайы үөрэтээччи, норуот уус-уран култуурунай олоҕун чинчийээччи дьон баар. Малдьаҕар  олоҥхоһуттарын туһунан  ыстатыйабын Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Степан Иннокентьевич Емельянов, Хаҥалас улууһун Тиит-Арыы нэһилиэгин олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Галина Ивановна Белых–Ефремова уонна Тумул олохтооҕо Егор Иванович-Уйбаанабыс Христофоров ахтыыларыгар олоҕуран суруйабын.  


Учуутал идэлээх  Галина Ивановна Ефремова биэнсийэҕэ тахсан баран төрөөбүт нэһилиэгин историятын үөрэтиинэн дьарыктанар. Ол курдук III, IV Малдьаҕар нэһилиэктэригэр XIX, XX-с үйэ саҕаланыыта  олоро сылдьыбыт үгэһиттэр, олоҥхоһуттар тустарынан маннык кэпсиир:

— III Малдьаҕар нэһилиэгэр Михаил Дмитриев, Петр Данилов, онтон IV Малдьаҕар нэһилиэгэр Емельянов Егор Николаевич, Николай Слепцов, Иннокентий Ксенофонтов, Гаврил Белых, Николай Никонтов, Захар Сысоев, Слепцов Кузьма Николаевич олорон ааспыттар. Бу дьон олоро сылдьыбыттарын туһунан 1906-1911 сыллаахха  суруллубут дьиэ кэргэттэр испииһэк-докумуоннара баар.

1922 сыллаахха  К.В.Ксенофонтов бу эҥээр фольклор матырыйаалын хомуйбут. Ол сыл Кузьма Николаевич Слепцов (1860 сыллаах төрүөх) “Икки Айгыр Аҕыс Кырса ойохтоох Эрэйдээх Буруйдаах Эр соҕотох, кини ыыбата алааска баппатах аҕыс эмиийдээх Алта ынах төрүөҕэ  Айдаан Бухатыыр”  олоҥхотун устубут. Ити олоҥхо кэнники дьылҕата биллибэт, баҕар Америкаҕа илдьэ барбыта буолуо, — диэн сабаҕалыыбыт эрэ.

Биир сурукка киирбит олоҥхоһутунан Егор Ионович Ксенофонтов (1882 с.т.)  III Малдьаҕар киһитэ буолар. Кинини 15 сааһыттан олоҥхолуур этэ диэн дьон кэпсиир, «Аан Солоҥдо бухатыыр” , “Чуучустан Бэргэн, Уот Дарыкы бухатыыр”, “Харыадал Бэргэн бухатыыр” диэн олоҥхолордоох үһү. Бу олоҥхолору Константинов диэн киһи  хомуйбут. Билигин Сибиир наукаларын академиятын архыыбын фондатыгар хараллан сыталлар. Биир олоҥхоһутунан мин эһэм Павлов Василий Николаевич буолар.  Горнай улууһун Атамайыттан төрүттээх. Ыраах тыаҕа Кэтэмэҕэ олорбуттара. “Кэтэмэҕэ дьон бултуу-балыктыы тахсан баран, кини олоҥхотун үс күнү быһа истэллэрэ. 1953 сыллаахха экспедиция кэлэ сылдьан кини хас да ырыатын устубут” — диэн ийэм кэпсиирэ.

Малдьаҕар олоҥхоһуттарын  туһунан  Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Степан Иннокентьевич Емельянов бу курдук ахтар:

— Аҕам, Емельянов Иннокентий Егоровичолоҥхоһут Тээппээн Лэгиэнтэй, төрүт Арҕаа-Хаҥалас 4-с Малдьаҕарын олохтооҕо этэ. Кини сөкү ходуһалаах, кырдай хонуулаах Хайырҕас диэн үрэхтээх олус кэрэ дойдуга  сүөһү ииттэн, бултаан-алтаан, ыал буолан, буруо таһааран, сүүрбэһис үйэ саҥатыгар дылы дьиэ кэргэнинээн олорбута.

Тээппээн олоҥхолуурга хантан үөрэммитин  өйдөөбөппүн, аҕата Дьөгүөрэ оҕонньор олоҥхолуур курдук истибит курдукпун. Мин тоҕустаахпар аҕабын Тээппээни  хонон ааһар айан дьоно олоҥхолотоллорун өйдүүбүн. Сэрии сылларыгар биһигиттэн икки көстөөх Сиинэ тардыытыгар сытар Ньаачабыл диэн ааттаах улахан күөлгэ III уонна IV Малдьаҕардар, Тиит-Арыы, Батамаайы дьаамнара, кыһын ол күөлгэ колхуоһунан тахсан муҥхалыыр этилэр. Оччоҕо биһиги саамай улахан кыстык дьиэбит, тобус-толору лаһыгырас эр дьонунан туолан хаалара. Ол киэһэтигэр биһиги аҕабытын, көмүлүөх оһох имик-самык уотугар сиринэн-муостанан симиллэн утуйуохтаах үс, түөрт көһү айанаан кэлбит дьон сылааларын умнан, «ноо», «оннук этэ» диэн тэптэрэн биэрэ-биэрэ, мөлтөх уокка күлүк буолан симиллэн олорон, олоҥхо истэллэрин бу билиҥҥэ диэри өйдүүбүн. Оччолорго, Тээппээн олонхолуурун, кини атаҕын анныгар киирэн, буор муостаҕа олорон истэрим.

Аҕам Тээппээн Лэгэнтэй олоҥхотун оҕо эрдэхпиттэн элбэхтик истибитим, ол эрээри биир эрэ олоҥхотун аатын өйдөөн хаалбыппын. Олоҥхо аата «Үс мастаах сүллүгэс күрүөнү үрдүнэн көтөр үрүмэччи маҕан аттаах Үрүҥ Уолан Бухатыыр» диэн этэ.

Иккис истибит олонхоһутум — Ырыа Былатыан. Платон Семенов диэн оччолорго суруйаачылар Союзтарын чилиэнэ, улахан ааттаах-суоллаах олонхоһут этэ. Тумулга начаалынай оскуолаҕа  үөрэнэрим саҕана, ол улахан олонхоһут мин аҕабын истээри куораттан анаан тахса сылдьыбытын өйдүүбүн. Тумулга арҕаа  баар эргэ кулуупка Ырыа Былатыан, аҕабынаан иккиэн олоҥхолообуттара. Куорат киһитэ мин аҕабар туох эрэ сыыһаларын-алҕастарын ыйар курдук өйбөр хаалбыт.

Үһүс — көрөн эрэ билэр олоҥхоһутум, биир дойдулааҕым Тиит-Арыы Чыкалабын олохтооҕо Ньаакаан этэ. Кини кыра уҥуохтаах, төгүрүк сирэйдээх намыын-сымнаҕас оҕонньор курдук өйбөр хаалбыт. Хомойуох иһин, ити кырдьаҕас биир да олоҥхотун истибэтэҕим, суруллар аатын да билбэппин. Дьэ ити курдук истибит, эт харахпынан көрбүт төрөөбүт түөлбэм былыргы олонхоһуттара.

Тумул олохтооҕо 1928 сыллаах төрүөх Христофоров Егор — Уйбаанабыс Иванович оҕо сылдьан Тээппээни көрбүтүн маннык ахтар:

— Тээппээн баартаах булчут, тыаҕа булдунан иитиллэн олорор улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга этэ. Сырдык сэбэрэлээх, олус үчүгэй куоластаах,  орто уҥуохтаах киһи буолара. Хайырҕастан киирэн сэрии кэмигэр  улахан бырааһынньыктарга,  быыбардарга кулуупка  олоҥхолуура. Сыҥааҕын баттанан, атаҕын оллоонноон олорон олоҥхолуурун  биһиги оҕолор өр тулуйан олорон истэрбит. Баайдар, күүстээх бухатыырдар тустарынан кэпсиирин өйдөөн хаалбыппын. Олус элбэх киһи мустан истэрэ.

Биһиги, бүтүн саха норуота 21 үйэҕэ олоҥхону духуобунай нэһилиэстибэ оҥоһуннубут. Малдьаҕар нэһилиэктэригэр олорон ааспыт биир дойдулаах олоҥхоһуттарбытын үйэтитэргэ көмөлөһөр дьоммутугар улуус култууратын аатыттан  махталбытын тириэрдэбит.

This post was published on 03.12.2020 12:01 12:01