II Дьөппөн нэһилиэгэр саҥа ветеринарнай пуун туталлар

НВК САХА — Хаҥалас улууһун II Дьөппөн нэһилиэгэр саҥа ветеринарнай пуун дьиэтин туталлар. Бу үлэҕэ исписэлиистэр бэйэлэрэ эмиэ кыттыстылар.


50-с сылларга тутуллубут хаарбах туруктаах тымныы дьиэҕэ, бүтэһик кэмҥэ киһи үлэлиир усулуобуйата суох буолбут. Үлэһиттэр саҥа ветеринарнай дьиэ тутар туһунан туруорсууларын улуус салалтата өйөөн, үбүнэн, малынан көмөлөһүөх буолбут. Онтон олохтоох нэһилиэнньэ 20 эр киһитэ мас мастыырга көмөлөһөн, ааспыт сыл бүтүүтэ дьиэ холлоҕоһун туруорбуттара. Бу сайын үлэни сөргүтэн саҥа тутуу ис өттүн оҥоро сылдьаллар.

«Тутуу үлэтигэр бэйэбит көмөлөһөбүт, билигин икки маастар уол үлэлии сылдьар. Күн аайы үлэлиибит. Алтынньы ый саҥатыгар киирэргэ былааннанабыт. Дьиэ биир мэндиэмэннээх, уопсай иэнэ 54 квадратнай миэтэрэ», —  диэн нэһилиэк ветеринарнай пуунун сэбиэдиссэйэ Владислав Мартынов кэпсээтэ.

This post was published on 05.09.2019 13:37 13:37