«Иэйии кытыла» түмсүү айар куттаах дьону түмтэ

Бу сырыыга «Иэйии кытыла» түмсүү ыалдьыттарынан учуутал Прасковья Габышева, ытык киһи Лукерья Кычкина, олохтоох суруйааччылар Ньургуйаана Скрябина-Сайдыына уонна Василий Гоголев-Уйулҕан буоллулар. Кинилэр айар үлэлэрин туһунан кылгастык билиһиннэрдилэр, эдэр ааптардарга сүбэ-ама биэрдилэр. Сайдыына инникитин айар куттаах Балыктаах дьонугар кыаҕа баарынан көмөлөһөр баҕалааҕын тириэртэ. Уйулҕан бэйэтин хоһооннорун аахта, билиҥҥи литература туһунан санаатын үллэһиннэ. «Ийэкээм» хоһоонугар хайдах ырыа айыллыбытын, видеоклип уһуллубутун туһунан сырдатта.

Түмсүү салайааччыта Сардаана Трифонова биэчэри олус истиҥник, уратытык аттаран, суруллубут сценарийынан сатабыллаахтык иилээн-саҕалаан ыытта. «Иэйии кытыла» түмсүү чилиэннэрэ өрө көтөҕүллэн, долгуйан туран бэйэлэрэ айбыт ырыаларын ыллаатылар, хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.

—  Олус астынным, биир дойдулаахтарым айар дьоҕурдарыттан үөрдүм. Кинилэргэ ситиһиини, кэскиллээх салайааччыларыгар Балыктаахпыт 60 сыллаах үбүлүөйүн көрсө өссө таһаарыылаах үлэни, дьолу-соргуну баҕарабын, — диэтэ Василий Гоголев-Уйулҕан.

This post was published on 01.02.2016 14:33 14:33