«Идэтигэр бастыҥ» күрэххэ Үөһээ Бүлүүттэн Сергей Попов - үһүс бириистээх миэстэҕэ

«Сахатранснефтегаз» ГРС Үөһээ Бүлүү улууһун Намнааҕы учаастагын үлэһитэ Сергей Попов «Идэтигэр бастыҥ» Саха сиринээҕи күрэххэ үһүс бочуоттаах миэстэни ылбытын туһунан сонун «WhatsApp» ситимин нөҥүө тилийэ көттө.


Сергей Попов муус устар 13 күнүгэр Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт профессиональнай тыһымы, билиини, үлэҕэ дьоҕуру, кыаҕы көрүү күрэҕэр өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан газ ситимигэр бастыҥ аатын ылар иһин күрэстэстэ. Улуустарынан ыытыллыбыт күрэххэ икки сүрүн түһүмэҕи ааспыт бастыҥ үлэһиттэр Саха сирин таһымыгар улуус чиэһин көмүскүүр кыахтаналлар. Ол курдук, 10 бастыҥ оператор бу күрэххэ кыттыыны ылла.

Үөһээ Бүлүү улууһун Намнааҕы учаастагар 5 сыл үлэлээбит уопуттаах Сергей Попов аан бастаан Кыһыл-Сыыр бөһүөлэгэр хас биирдии оператор курдук аттестация туттарбыта. Ол түмүгүнэн Бүлүү, Үөһээ Бүлүү уонна Горнай улуустарыттан үс бастыҥы сүүмэрдээн, ол иһигэр Сергей Юрьевиһы Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска ыыппыттара.

«Куонкурус «Сахатранснефтегаз» УДТГ мыраан үрдүгэр турар ГРС-2 учаастагар буолан ааста. Теория өттүнэн билиини-көрүүнү тургутар түһүмэххэ үс боппуруоска суругунан эппиэттээтилэр. Онтон сатабылы, дьоҕуру быһаарар практическай түһүмэх үс таһымнаах. Аан бастаан мини-ГРС (газораспределительнай станцияны) холүлэтигэр бэлэмнэнии, салгыы станцияны собуоттаан үлэлэтии уонна хайдах быһыылаахтык үлэлиирин, ТБ туһунан кэпсээһин киирэр. Маннык үрдүк таһымнаах күрэстэһиигэ   иккиспин кыттабын. Ааспыт сылга 6-с миэстэҕэ тиксибитим, онон быйылгы күрэххэ үһүс буолбуппуттан олуһун үөрдүм» — диэн Сергей Юрьевич кылгастык куонкурус туһунан кэпсээтэ.

Бочуоттаах үһүс миэстэни ылары ситиспит туруу үлэһиккэ бириэмийэ быһыытынан ыйдааҕы хамнаһын 10 %-нынан үрдэтэн, 1 сыл устата төлүөхтэрэ. Бастакы миэстэҕэ хамнаска 30 % эбиллэр, ону таһынан үлэҕэ разряд үрдүүр. Онон идэҕэ олус туһалаах куонкуруска кэлэр сылга хайаатар да кыттар эрэллээҕин туһунан Сергей Попов кэпсээтэ.

This post was published on 19.04.2016 10:05 10:05