Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин бу күннэргэ Дьокуускайга И.С. Жараев аатынан СӨ норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинин үлэһиттэрин кытта көрүстэ.
Таатта улууһа “Үйэлээх ситим” бырайыагы бастакынан былырыын Культурнай нэһилиэстибэ сылыгар саҕалаабыта. Араас тэрээһиннэр, күрэхтэр ыытыллыбыттара. Олохтоох кыраайы үөрэтээччилэр билиилэрин-көрүүлэрин видеокамераҕа устан, нэһилиэккэ баар сирдэр төрүт ааттарын быһааран, электроннай картаҕа киллэрэн, улахан үлэни оҥоро сылдьаллар.
Иис-уус, төрүт ас, туттар сэп-сэбиргэл уо.д.а. төрүт үгэспитин сөргүтүүгэ сөптөөх күрэххэ кыайыылаах дьон үлэлэрин аудиовизуальнай киин пуондатыгар аҕалан туттарарга бэлэмнээтилэр.
Быйылгы Үлэ сылынан, кулун тутарга ыытыллар олохтоох бэйэни салайыныы баһылыктарын уочараттаах сийиэһигэр таатталар тус санааларын тиэрдэр баҕа санаалаахтар.
Көрсүһүү түмүгүнэн аудиовизуальнай киин уонна Тааттатааҕы норуот айымньытын киинэ бииргэ үлэлииллэригэр анал сүбэлэҥ бэлэмнэнэр буолла.
Ааптар: Марина Винокурова
This post was published on 09.02.2023 11:32 11:32