Иһэр ууну ылар сир таһынааҕы учаастагы билигин приватизациялыахха сөп. Ол туһунан сокуон олунньу 27 күнүгэр таҕыста, суруйар «Парламентская газета».
Иһэр ууну ылар сир учаастагар, ууну киртиппэт сыалтан, санитарнай кэтэбил «поястара» тутуһуллаллар. Бастакы эргииргэ, ууну ылыыны кытта сибээһэ суох туох да дьайыы оҥоһуллубат. Иккискэ — ууну киртитиэн сөптөөх дьаһал ыытыллыбат. Ол эбэтэр кылабыыһа тутуллубат, бөх-сах тоҕуллубат, уоҕурдуу уонна дьаат химикаттарын уурар ыскылаат тутуллубат, минеральнай уоҕурдуу туттуллубат, сүөһүнү мэччирэтиллибэт, маһы кэрдиллибэт.
«Поястар» киирсэр учаастактарын бас билиигэ бэриллибэтэ, атыыламмата, атыылаһыллыбата.
Саҥа сокуонунан, бу хаарчахтааһыннар билигин бастакы эрэ «пояска» тутуһуллар буоллулар. Иккиһи приватизациялыырга көҥүллээтилэр.
This post was published on 28.02.2022 13:02 13:02