Барнаулга ыытыллыбыт «Сибирь XIII» быыстапкаҕа худуоһунньук-скульптор Василий Сивцев «Мандар уус» диэн үлэтинэн лауреат үрдүк аатын ылла. Ол туһунан кини биир дойдулаахтарыгар кэпсээтэ.
— Күндү, биир дойдулаахтарым! Бэҕэhээ Красноярскай куоракка ыытыллыбыт художниктар Сойуустарын сүбэ мунньаҕа уонна Суриковскай бэстибээл үөрүүлээх аhыллыыта буолла.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга сайын Барнаулга ыытыллыбыт «Сибирь XIII» быыстапкаҕа «Мандар уус» диэн үлэбинэн лауреат үрдүк аатын сүктүм. Грамота уонна көмүстэн кутуллубут анал бэлиэни туттардылар, — диэн суруйда худуоһунньук-скульптор Василий Сивцев, @taattagazeta телеграм-ханаалыгар таһаарда.
This post was published on 28.12.2023 12:01 12:01