Худуоһунньук Сергей Ануфриев: Керамиканы буһарыыга анаммыт саха оһоҕун курдук аан дойдуга ханна да суох

Красноярскай худуоһунньуктарын Союһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Ануфриев Атласовтар уһаайбаларыгар турар 18-19 үйэтээҕи киэбинэн оҥоһуллубут керамиканы буһарар оһоҕу үрдүктүк сыаналаата. 


Санатар эбит буоллахха, бу ааспыт өрөбүллэргэ «Якутская керамика: традиции и современность» диэн бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-айар форум арыллыбыта.

Тэрээһиҥҥэ анаан Атласовтар уһаайбаларыгар былыргы киэбинэн анал оһох туруоруллубута. Манна Дьокуускайдааҕы художественнай училище устудьуоннара керамика оҥоһугу буһарарга үөрэниэхтэрэ.

«Эһиги олус бэртээхэй идеяны киллэрэн, тута олоххо туһанан барбыккыт. Бу сэдэх көстүү. Маннык киэҥ далааһыннаах бырайыагы куорат эрэ барыта кыаммат. Аан дойду худуоһунньуктара, маастардара бу оһоҕу туһанаары Саха сиригэр мустуохтара диэн эрэллээхпин«, — диэтэ Сергей Ануфриев.

Билигин бу ураты оһоххо форум кыттыылаахтара оҥорбут араас иһиттэрэ, кувшиннара буһарылла киирдилэр. Ол хас да күн буолар. Бу кэм иһигэр иһиттэр өҥнөрүн уларытыахтара, матырыйаала таас курдук өссө бөҕөргүө.

Форумҥа өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан худуоһунньуктар уонна маастардар кытталлар. Тэрээһин бэс ыйын 28 күнүгэр диэри буолар. Ол кэмҥэ Атласовтар уһаайбаларыгар маастар-кылаастар уонна лекциялар ыытыллаллар.

This post was published on 14.06.2017 14:24 14:24