Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин биир кырдьаҕас үөрэҕин тэрилтэтэ — Дьокуускайдааҕы художественнай училище төрүттэммитэ 75 сылын туолла.
Аҕа дойду сэриитэ бүтэн, саҥа эйэлээх олоҕу тутуу саҕаламмыт сылыгар, саха норуодунай художнига П.П.Романов көҕүлээһининэн, 1945 сыллаахха музыкальнай- художественнай училище арыллыбыта. Училище бастакы выпускниктарыттан норуокка биллибит талааннаах худуоһунньуктар М. Лукин, Э. Сивцев, Е. Шапошников, В. Петров, О. Ковалевскай, искусствовед И. Потапов тахсыбыттара.
Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар Хаҥалас улууһуттан эдэр эрчимнээх саха уолаттара үөрэммиттэрэ. Мин билэрбинэн Кыһыл Үрүйэтиттэн сахалартан бастакы скульптор С.А.Егоров, Хачыкаат сэлиэнньэтиттэн биллиилээх кыраайы үөрэтээччи Г.М.Герасимов, Тумултан Кириһээттэр удьуордара уруһуй учуутала, худуоһунньук П.И.Христофоров, Маалтааныттан төрүттээх өр сылларга Покровскай бөһүөлэгэр учууталлаабыт Д.И.Громов бааллара.
Мин 80-с сыллардаахха бу училище прикладной салаатын бүтэрбитим. Кууруспутугар үс отделениялаах этэ: декоративнай, театральнай уонна прикладной. Училищеҕа Хаҥаластан төрүттээх оҕо элбэҕэ. Ол курдук биир кууруска үөрэммит Петр Саввинов уонна Мария Рыгунова Булгунньахтаахтан , Улахан Аантан Валера Павлов бааллара. Түөрт сылы быһа убай-балыс быһыытынан бүөбэйдэһэн кэлбит бөлөҕүм уолаттара Нөмүгүттэн прикладник Семен Скрябин өр кэмнэргэ “Сардаана” фабрикаҕа худуоһунньугунан (аҕатын туйаҕын хатаран кыыһа Саргылана Скрябина Саха сиригэр соҕотох кинемотография худуоһунньуга), Уулаах Аантан төрүттээх, тарбаҕар талааннаах ювелир Егор Егоров Мэҥэ Хаҥаласка олорон айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ. Хомойуох иһин ити икки уол билигин суохтар. Устудьуоннуур кэмнэрбитигэр биһиги П.Захаров, Л.Слепцова, З.Курчатова, З.Иванова, С.Прокопьев, Н.Амыдаев, В.Иванов, М.Павлов курдук саха биллиилээх худуоһунньуктарыгар үөрэммиппит.
90-с сылларга биһиги улууспутуттан төрүттээх живописец В.Д.Артамонов үөрэммит училищетыгар дириэктэрдээбитэ. Кини билигин даҕаны бу үөрэх кыһатыгар учууталлыыр. 1997 сыллаахтан күн бүгүҥҥэ диэри дириэктэринэн училище выпускнига Гаврильев К.П. үлэлиир.
Саха норуотугар үгүс талааны аспыт, тапталлаах училищебытын үбүлүөйдээх сылынан эҕэрдэлиибит. Олохпут оҥкулун оҥорбут, идэ биэрбит учууталларбытыгар махтанабыт, сүгүрүйэбит.