Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министерствота хотугу тиэйии-таһыы туһунан сокуон бырайыагын суруйууну түмүктээтэ уонна Россия 25 арктическай регионнарыгар дьүүллэһиигэ ыытта.
Бу туһунан Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министрин бастакы солбуйааччы Гаджимагомед Гусейнов Илиҥҥи экономическай форум хонуутугар иһитиннэрдэ. «Сокуон сурулунна диэн тута этиэхпин баҕарабын, биһиги ону нэдиэлэттэн ордук ситэриилээх былаас уорганнарыгар уонна 25 субъекка ыыттыбыт. Ол эрээри үлэ салҕанар. Үгэс курдук, биһиги хотугу тиэйиини-таһыыны, олоҕу хааччыйар табаары тиэрдии быһыытынан, дьаһалын кэтээн көрөбүт. 3 мөл. кэриҥэ киһи хааччахтаммыт айаннаах бөһүөлэктэргэ олорор. Биһиги хотугу тиэйии-таһыы дьаһалын олоҕу хааччыйыы табаарын тириэрдии эрэ курдук көрбөккө, болдьоҕунан хааччахтаах айаннаах нэһилиэнньэлээх пууннарга таһаҕаһы тириэрдии быһыытынан эмиэ көрөргө этии киллэрдибит»,-диэтэ Гусейнов.
Сиһилии https://ysia.ru/proekt-zakona-o-severnom-zavoze-napravili-v-25-arkticheskih-regionov/
This post was published on 07.09.2022 10:28 10:28