Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин хотугу төрүт дьарыктары сайыннарыыга салаатын исписэлиистэрэ иһитиннэрэллэринэн, өрөспүүбүлүкэ балаҕан ыйыгар 178949 табалаах үктэннэ. Онон бу дьыл тохсунньу 1 күнүттэн 10, кыстатарга былааннаммыт кээмэйтэн 7,9, былырыыҥҥы туһааннаах кэмтэн 1,1 бырыһыанынан чорбойор ахсааннаах төбө иитиллэр.
Ити иһигэр тэрээһиннээхтэргэ – тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр, бааһынайдарга уонна урбаанньыттарга 168805 төбөлөөхтөр. Бу төрүт салааҕа 111 хаһаайыстыбаҕа 1221 киһи үлэлиир, кинилэртэн табаһыта – 989, чуум үлэһитэ – 232.
Быйыл саас кулун тутарга Булуҥ табаһыттара Эбээн Бытантайтан 380 табаны арааран илдьибиттэрэ. Аллайыаха Бөрөлөөҕөр 800 табаны Усуйаанаттан аҕалан, саҥа сиргэ маҥнайгы төрүөҕү ыллылар. Иенгра (Нерюнгри) табаһыттара эмиэ Усуйаанаттан 25 төбөнү атыылаһан, массыынанан тиэрдибиттэрэ.
Саас-сайын 40785 тугут төрөөбүтүттэн 55 бырыһыана тыыннаах хаалан, иитиллэ сылдьар. Бу салааҕа, өрүү буоларыныы, туһата суох өлүү тахса турар. Ол курдук, отчуоттанар кэмҥэ хаһаайыстыбаларга 19179 таба туһаҕа турбатаҕыттан көнньүнэн өлбүтэ – 3066 (16%), кыыл тардыбыта – 5109 (26,6%), “сураҕа суох” сүппүтэ – 11004 (57,4%).
Исписэлиистэр бэлиэтииллэринэн, быйыл сайын табаны мэччитэргэ табыгастаах күн-дьыл турда. Ол эрээри, сорох сиргэ от ыйыгар ыарыы туран, табалар оҕуннулар. Алдаҥҥа пироплазмозтан 70, Анаабырга атахсыт ыарыыттан 200, Кэбээйигэ ойоҕостотон 15, Үөһээ Халымаҕа атахсыттан 10 таба өлбүтэ аахталанна. Нерюнгри уонна Уус Маайа улуустарыгар ардахтан сылтаан уонна бырдах олус хойуутук түһэн, куйаас күннэргэ табалар муостара төрдүттэн ириҥэрэн тахсыбыта. Сир ахсын ыстаадаларга эмп-том, бэтэринээрдэр тиийбэттэрэ үлэни-хамнаһы атахтыыр.
Үөрэх дьыла саҕаланан, сайын устатыгар төрөппүттэригэр илии-атах буолан көмөлөспүт оҕолор бөһүөлэктэргэ киирдилэр. Ити гынан баран, Аллараа Халымаҕа кыраһыын мөлтөҕүттэн бөртөлүөт көппөккө, үөрэнээччилэр хойутаатылар. Томпоҕо сорох сиргэ үрэхтэр хааларыттан тахсаннар, оҕолор хаайтардылар. Уу түһэриттэн көрөн, массыыналарынан тиэйии тэриллэр.
Табаны иитии салаатын өйөөһүҥҥэ көрүллүбүт субвенция үбэ барыта балаҕан ыйыгар диэри табалаах улуустар дьаһалталарыгар тиксэриллибит. Хаһаайыстыбаларга көс дьиэлэри уонна харааллары тутуу үлэтэ ыытылла турар.
Ааптар: Василий Никифоров. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспатын хаартыската
Сиһилии: https://ulus.media/article/69962
This post was published on 06.09.2022 14:28 14:28