«Хотугу Синергия» форум харчынан гранын кыайыаххын сөп

«Хотугу Синергия» ыччат форумугар грант куонкуруһугар сайаапка хомуйуута саҕаланна. Сайаапканы от ыйын 26 күнүттэн атырдьах ыйын 8 күнүгэр диэри туттарыахха сөп. Бырайыактары талыы атырдьах ыйын 9-10 күннэригэр буолар. Салгыы форум кэмигэр, атырдьах ыйын 11 күнүгэр Аллараа Бэстээххэ бырайыактары көмүскээһин буолуоҕа. 

Грант бырайыагы олоххо киллэриигэ биирдиилээн кыттааччыга харчынан субсидияҕа сэртипикээт быһыытынан бэриллэр. Үс хайысханан 14 грант олохтонно. Уопсай суумата — 1 мөл. солк.

Балаһыанньаны сиһилии манна аах. 

This post was published on 26.07.2018 18:31 18:31