Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун “Хотугу сардаҥа” сахалыы тыллаах хаһыата 25-сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир.
1991 сыллаахха саха норуотун ис кута уһуктар, олоҕу саҥалыы көрөр кэмигэр отут сыл устата сахалыы саҥатыттан маппыт улуус хаһыата иккистээн күн сирин көрбүтэ. Саҥа дьаһалы Өймөкөөн улууһун тыатын сирин олохтоохторо уруйдуу-айхаллыы көрсүбүттэрэ. 50-с сылларга, олох укулаата уларыйан, “Северная заря” хаһыат сахалыы тылбааһын быһыытынан тахса турбут “Хотугу сардаҥа” үлэтэ тохтотуллубута. Ол кэмтэн “Северная заря” хаһыат нууччалыы эрэ тылынан бэчээттэнэр буолбута.
Отут сыл тохтотуллан турбут хаһыаты иккис тыыннаабыт киһинэн кыраайы үөрэтэр суруналыыс Сергей Егоров буоларын олохтоохтор киэн тутта ааттыыллар. Ити 25 сыл анараа өттүгэр этэ. Сергей Михайлович Хаҥалас улууһун типографиятыттан “бэриһиннэрэн”, бэйэтэ харчытын төлөөн, “Хотугу сардаҥа” хаһыаты онно таһаартаран, бастакы нүөмэрдээх куулунан хаһыаты санныгар сүгэн аҕалан өймөкөөттөрү үөрдүбүтэ.
«Хаһыат ааҕааччыларын кытта ыкса сибээс, истиҥ сыһыан баар буолан, биһиги хаһыаппыт үйэ чиэппэрин устата араас ыарахаттары тулуйан, олох уустуктарыттан чаҕыйбакка тиийэн кэллэ. Өймөкөөн улууһун “Хотугу сардаҥата” 25 сыл анараа өттүгэр иккистээн күлүмнүү тыган тахсыбыт буоллаҕына, билигин Тымныы полюһун дьонугар-сэргэтигэр аламай күнүн-уотун ыспахтыыр, сырдатар, сылытар кэмэ салалынна», — диэн бэлиэтиир улуус хаһыатын редактор-дириэктэрэ Анна Галузо.
This post was published on 25.06.2016 17:27 17:27